Page 27 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 27
46.
Умнуллан хаалбакка баҕарыы
Күндүтүн ким бары ылынар.
Өлөөтүн — сүтэртэн абарыы
Миэхэ да сүрэхпэр кыланар.
Санаабын быыс курдук аһаммын,
Туе бэйэм ыйытыым, хоруйдуум:
— Умнуллан хаалбат туох кыахтаахпын?
— Туһалаах хоһоону суруйуу!
47.
Кырдьыгы толору суруйуу
Кыаллыбат, цензура нуормалыыр.
Ол иһин — эрийии-буруйуу,
Куттаныы, чугуйуу куормалыыр.
Түмүгэр — ньылаҥнас буолаҕын,
Сирэргин хайгыырыҥ баһыйар.
Ол ахсын чычааһыы уолаҕын,
Сүрэҕин тохтоору аһыйар.
48.
Ол эрэн олохпут барахсан
Сүнньүнэн олус да үчүгэй!
Өйдөөн көр — санньыартан арахсан:
Кэҕэни бүгүстүүр күөрэгэй!
Олоххо күөрэгэй ол аата —
Үтүө өй, кэрэ сиэр үксүөхтээх!
Сомоҕо түмсүүбүт наадата
Баар буолтун хас биирбит өйдүөхтээх.
25

