Page 28 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 28
49.
Поэзияҕа айаммын салгыыбын:
Баҕабын парустуу тиирэбин;
Ырабын ырыанан алгыыбын...
Кытылтан муораҕа киирэбин.
Оо, санаам, көрүс дуу сатараан!
Оо, иэйиим, сонуннук дьүрүһүй!
Айбытыам, быыһаа даа намыраан
Хаалартан — күүрээннээн өрүһүй!
50.
Бэйиэттэр бар дьоммут туһугар
Айаллар кэрэни, туйгуну.
Бэл диэтэр быстарыы уһугар
Уруйдуу туойаллар уйгуну.
Ким эрэ син булан сэниэҕэ...
Бэйиэт-кыыс дьылҕатын түүнүөҕэ...
Ол эрэн саас ахсын эниэҕэ
Сибэкки тэтэрэ үүнүөҕэ!!!

