Page 37 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 37

12.  ЭПИГРАММАЛАР
                  Автобус тохтобулугар
                  Аҕам саастаах икки эр бэрдэ
                  Сохсоччу кыыһырбыттар,
                  Уолуктаһыах курдук көрүҥнээхтэр.

                  Биирэ этэр:
                  Көрөбүн хараҕыҥ кыараҕаһын,
                  Өйүҥ да онтон кэҥээбэтэ ини?
                  Иккиһэ хардарар:
                  Мин эн быччаҕаргын көрөбүн,
                  Киһиргэһиҥ да иччэ ини?
                  Ааптар:
                  Кэлин дьонтон истибитим —
                  Иккиэн чунуобунньуктар үһүлэр:
                  Дуоһунас былдьаһар эбиттэр!
                               * * *
                  Баай дьадаҥыны сэниирэ
                  Туохха тиэрдэрин бары билэбит.
                  История бүгүн да сэрэтэр:
                  «Сэнээбиккиттэн синньээйэҕин...»
                               * * *
                  Кыайыыга эрэ сылдьааччы,
                  Наһаалыыргын тоҕо билиммэккин?
                  Арааһа,  кэлин биирдэ өйдүүһүккүн,
                  Бириэмэ үөхтэҕинэ...
                               * * *
                  Начаалынньык!  Мне не надо
                  Киһиргэтэр кураанах наҕараада.
                  Ол оннугар миэхэ наада
                  Чиэһинэй астаах наҕараада.
                               * * *
            — Доллары кимиэхэ мунньаҕын?
            —  Оҕолорбор,  сиэттэрбэр...
            —  Ол аата,  кинилэри бэлэмҥэ,
            Сүрэҕэ суох буоларга үөрэтэҕин.
            —  Кинилэр,  эн курдук акаарылар буолбатахтар.


                                                             35
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42