Page 21 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 21

65.

            Сымыйа быстахха хоторун —
            Итэҕэй мун  саатар сороҕун.
            Билэҕиэн:  “Проиграть в битве,
            Выиграть в войне!”  — дьоллуурун?

            66.

            Ким таайыай бу олох арааһын?
            Төһөтө кирдээҕин, ырааһын?
            Тас өттө барыта — көмүс дуй...
            Этиэҥ дуо түгэҕэр туох баарын?

            67.

            Кыайтаран-хотторон олорор
            Ардыгар үтүөнү оҥорор.
            Чочуйар муударай буоларга,
            Хорсун да санаалыыр сороҕор.

            68.

            Күннээҕи күүлэйи батыһар —
            Малааһын түүл буолан манньытар.
            Бүгүҥҥүм барыта — сибэкки...
            Сарсыҥҥым — хаһыҥы санатар.

            69.

            Ырыалар — кыргыттар курдуктар:
            Истиҥнэр, нарыннар,  ыраастар.
            Эһэбэр — роман маарынныыр,
            Эбэбэр — поэма алтыһар.

            70.

            Ким эрэ хайаан да төрүөхтээх,
            Ким эрэ хайаан да “төннүөхтээх”.
            Санааргыыр сатаммат! Умнуохха —
            Мөкүнү! Уһуктаат үлэлээ!



                                                            19
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26