Page 78 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 78
Арааһыан — айылҕа былааһа!
Соһуйбут үрэхтэр сүүрдэллэр.
Долгуйбут долгуҥҥа былааһа
Санаалар санааны күүрдэллэр.
Маныаха дьон муҥа, соргута
Холбоһор, эмиэ да хайдыһар
Иирсээни, эйэни оргута,
Иккиэн да тэҥинэн сайдыһар.
Оол, турар эһэкээн-тыатааҕы:
Сүр суостаах багдайбыт быһыыта.
Көрдөрбөт иччилээх тыатааҕы:
«Сэрэнэн сырыт!..» диир, быһыыта.
Күн санаам үрдүктэн үүрүллэн,
Таҥнары дапсыллар тулуурум.
Түрдэстэ-түрдэстэ түүрүллэн,
Түрбэлии эриллэр дьулуурум.
Уо, бэрдиэн! Көһүннэ туйаарар:
Дьуру-дьур дьурулаан эрэр дии.
Туох бары ыллаһан туйаарар,
Күн диэки көтүтэн эрэрдии.
Бэйиэттэр кынаттаах аттара,
Мииннэрээт, хайаҕа куһуурда.
Уран тыл уустугун аттара,
Уот тымтар кыымнары уһуурда.
Ол тыллар үс куппун уоскута,
Кулгаахпар кутуллан истилэр, —
Күөх өҥү уруйдуур уос кута —
Оһуору харахпар тистилэр.
Бу куйаар сырдыга, сэргэҕэ -
Дьол, көҥүл, өркөн өй маарына...
Ол эрэн ат баайар сэргэҕэ
Төннүөҕүм — саха дьоно баарына.

