Page 86 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 86
Арбаныы! Өссө күүр кыайыыга!
Эйигин күөртүүр бэрт былдьаһыы!
Кимэн ис, киирэн ис, кыай ыга!
Баҕардар күүһүрдүн кыйдаһыы!
Ол эмиэ эйигин эрчимниир:
Үчүгэй — эн инниҥ чинчитэ...
Хотойдуу хотуулаах эрчим дии!..
Туох буолуой сиэр-майгы кэмчитэ?!.
Кэнники — кэтинчэ да буоллун!
Бу сиргэ дьон биирдэ олорор.
Эн эрэ баҕарыыҥ өр туоллун!
Ол сыалы өһөс өй толорор.
Кыргыстан төрүттээх киһигин:
Ол иһин саха диэн буолаҕын
Туохтан да дьулайбат инигин?!.
Тойон күүс куйахтаах уолаҕын.
Эн өйгөр үгүс дьон көҕүйэр:
Эн курдук үһүлэр улуулар...
Ол эрэн сорох дьон өҕүйэр...
Туох диигит, бүгүҥҥү чулуулар?
* * *
Араас ас, тоттоххо, сытыйар...
Топпуппут ахсаана хайаата?
Тобоҕо ыттарга сыт ыйар...
Ол дьаарбыт көһүнэн тайаата.
Истэбит — урут соц-куотуһуу
Үлэҕэ көҕүлээн күүрдэрин.
Көрөбүт — аны баай-куотуһуу
Харчыга түүннэри сүүрдэрин.
* * *
Бүгү күн Арбита өтөҕөр
Үрдүккэ көҕүйэ олордум.
Бэл, манна сыыр түөһэ — өтөҕөр...
Өйбүн киэн туттуунан толордум.

