Page 84 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 84

*  *  *


                  Хаһыакка хоһоонум таҕыста!
                  Үөрүстэ элэккэй тэтиҥим!
                  Бэл, күнүм иккистээн таҕыста,
                  Тэбиэстэ түстэ дии тэтимим.

                  Хоһооммун хомуйбут холбуйам,
                  Бэйиэмэ буолаҥҥын ьсубулуй.
                  Хатыҥмын бэһинэн солбуйан,
                  Хаһыҥы, чысхааны өр тулуй.

                  Эн,баҕар,  баарыһым буолантгын,
                  Туоратыаҥ умнуллуу муоратын.
                  Унуоргу кытылы булаҥҥын,
                  Көрдөрүөҥ өлбөт дьол куоратын.
                  *  *  *
                  Сороҕор дьиктини түһүүбүн,
                  Көрсөбүн аар Сээркээн Сэһэни:
                  Сэргиибин — тахсыыбын-түһүүбүн
                  Тойонноон,  сүбэлиир сэһэнин.
                  «Алааскар таҕыс — таас олбуортан,
                  Көрсүөҕүҥ Ь1рыаһыт-Ымыыгын.
                  Онно баар өҥ кырыс.  Ол буортан
                  Уктаар дуу Амулет-Ымыыгын...»

                  Көтөммүн тиийдим таас үрэхпэр —
                  Омунум оргуйар Терегэр.
                  Салгына ил гынна сүрэхпэр,
                  Сүүрдүм күөх тэлгэммит биэрэгэр.

                  Куулаҕа — лиҥкир тиит эһээлэр
                  Тиһэллэр олоҥхо тылларын.
                  Чаран ҥа — аар хатыҥ эбээлэр
                  Туойаллар ньургуһун тылларын.

                  Ойуурга — титирик уолатгар,
                  Тустаннар, төлүтэ мөхсөллөр.
                  Үрэххэ үөл талах кыргыттар
                  Имиллэр бииллэрин сөхсөллөр.
         82
   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89