Page 68 - Дүпсүн сирэ
P. 68

миэхэ туох күүһэ кэлиэ буоллаҕай, — диэн баран далын аанын сабар.  Куонаан
          киһитэ сөбүлээбэтэҕиттэн  кыбыстыбыт курдук туттан дьиэ диэки барар.
             — Куонаан, тохтоо эрэ, — диир Уйбаан. Куонаан тохтоон эргиллэн көрбүтэ,
          киһитэ  чугас  соҕус  ампаар  маһа  таһылла  сытар  сирин  диэки  барбыт.  Биир
          сулламмыт  куолбас  бэрэбинэни  көтөҕөн,  дал  аанын  айаҕар,  икки тиит холбуу
          үүммүтүн курдук гына кэрдиллэн ылыллыбыт баараҕай тон үргэскэ аҕатан кы-
          быта быраҕар уонна  Куонаан диэки корон баран,  мичээрдиир.
             —  Кэл  эрэ,  Куонаан,  бу төҥүргэһи  хайа  олуйуох  эрэ.  Аартыгы  мэһэйдээн
          бэркэ  эрэйдээтэ.  Эн  күүскүнэн  мин  туһанан  хаалыахпын  баҕардым,  —  диир
          Уйбаан.  Куонаан  кэлэн  корон баран:
             —  Хайа,  доҕоор,  бу  үлүгэрдээх  тоҥ  чөҥөчөгү  тосту  олуттараары  гынаҕын
          дуо?  Олус  модьутук боруобалаары  гыммыккын  ээ,  — диэн  баран  Куонаан  бэ-
          рэбинэтин  ылан,  төҥүргэһи  олуйталаан  көрбүт.  —  Кэбис,  кытаанах  буолсу
          курдук көрөбүн.  Уйбаан,  бэйэн' олуйан кор эрэ.
             Уйбаан  ылан  хаста  да  төхтүрүйэн  түһүтэлээн  керөр.  Төҥүргэс  хайдах  эрэ
          ылланныах  курдук  буола-буола  хайдыбатах.  Куонаан  көрдөҕүнэ.  Уйбаан  мун'
          кыраадыһынан  түһүтэлиирэ  үһү.  Уйбаан  тохтообутугар  Куонаан  дьэ,  хайыт-
          тарбын диэн сорунан, туох баарынан түһүтэлээн  көрбүт.  Төҥүргэс хайдах эрэ
          хайдыах курдук гына-гына хайдыбатах.
             — Ыл эрэ, чэ, иккиэн түһүтэлээн көрүөх эрэ, — диир Уйбаан. Онтон кини-
          лэр аны иккиэн түһүтэлээн  көрбүттэр да, төҥүргэстэрэ син биир хайдыбатах.
             —  Чэ,  ити  баар дни,  иккиэммитигэр даҕаны  улахан  күүс  суох дьоно  эбип-
          пит.  Итини  тэтиэнэх  соҕус  дьон  тулутуохтара  суох  этэ.  Чэ  кэбис,  Куонаан,
          киирэн утуйуох,  — диэбит Уйбаан.
             Сарсыарда туран  аһаан  баран,  Куонаан  аттарын  тута далга тиийбитэ,  били
          төҥүргэһэ  хайда  сытар  буолан  биэрбит.  Маны  корон,  Куонаан  дьик  гына
          түһэр.  «Олох чугаһаппат киһиэхэ тыллана сылдьар  эбиппин»,  — дии саныыр.
          Аттарын аҕалан  көлүйтэлиир.
             — Уйбаан,  били тон үргэскин хайа олуйан  кэбиһээхтээбит эбиккин дии.
             — Туох даа, хаһан  ким  хайыппытын  этэҕин,  — диэн Уйбаан  соһуйа түһэр.
             — Оттон хайдан сытар дии.
             —  Эс алҕаһаатыҥ ини, доҕоор.
             —  Чэ,  отгон баран көрүөх.
             Баран  көрбүттэрэ,  кырдьык,  чөнөчөктөрө  икки  аныы  хайдан  нэлэллэ  сы-
          тара үһү.
             — Бэй, кырдьыкхайдыбыт эбитдии... Куонаан, бэйэҥ хайа олуйдун  ини уон­
          на аҕалан көрдөрө сылдьаҕын. Чэ, Куонаан, бэйэгзин биллэрбиккэр баһыыба, —
          диэн  Уйбаан ханан да чөҥөчөк хайдыбытыгар бэйэтин чугуһаппатах.
             — Чэ-чэ, Уйбаан, ол-бу диэмэ, доҕоор! Хата бэйэҕин биллэрбиккэр бэйэҕэр
          баһыыба!  — диэн  эрэ хаалар  Куонаан.
             Бу  кэпсээни  Куонаан  бэйэтэ  ити  курдук  кэпсиирэ.  «Биһиги  иккиэн  олу-
          йарбытыгар Уйбаан миэхэ комолоспотох буолуохтаах уонна түүн дуу, сарсыар­
          да эрдэ туран дуу, хайа олуйан  кэбиспит буолуохтаах.  Отгон  мин буоллахпына
          баарбын  ордорбокко,  мөхсөн  көрбүтүм да  кыайбатаҕым  уонна,  хата,  ити  кур-
          6 4
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73