Page 67 - Дүпсүн сирэ
P. 67
4. Күүстээх Уйбаан Күүстээх Куонаанныын боруобалаһыылара
Дүпсүн улууһугар Күүстээх Уйбааны кытта биир бириэмэҕэ үөскээбит
Күүстээх Куонаан диэн эмиэ аатырбыт күүстээх киһи баара. Кини Чэриктэй
Алданыгар олорбута. Ити икки киһиттэн хайалара ордугун туһунан чуолкай
биллибэт эбит. Ол эрээри норуот Уйбааны ордукбуолуохтаахдиэн сабаҕалыыра.
Биирдэ Күүстээх Куонаан куораттан тахсан иһэн Бахчыкыларга хоно кэлбит.
Саас. Хаар быһыттыа буолан эрэр кэмэ эбит. Күүстээх Уйбаан дьиэтигэр баар
буолан биэрбит. Уйбаан таһырдьа тахсыбытын кэннэ аҕата Бахчыкы Дьаакып
Куонаан аттыгар кэлэн олорор уонна этэр:
— Нохоо, Куонаан, эйигин күүскүнэн аатырдаллар дии. Төһөнү көтөҕөр
буолар этиҥ? — диир.
— Ээ, миэхэ туох күүһэ кэлээхтиэй, киһи туох буоссалааҕы көтөҕүөй.
— Оттон ити мин уолум Уйбаан 50 бууту көтөҕөр үһү ээ, истибэккин дуо? —
диир оҕонньор.
-- Айыккабын, оҕонньоор! Бай, тугун элбэҕэй! Оннук үлүгэрдээх туох
баҕайыны көтөхпүт бэйэккэтэй! — дни түһэр Куонаан.
— Ээ, куолакалы көтөхпүт диэн кэпсээн буолар, 50 бууттааҕы.
— Оо, дьэ сүрдээх киһи эбит, доҕоор! Айыккабын, тыый! Дьэ оҕонньоор,
үчүгэй оҕолоох эбиккин! — сөхпүт-махтайбыт Куонаан. Таһыттан Уйбаан кии-
рэн кэлэр. Куонаан Уйбаанныын ону-маны кэпсэппиттэр. Куонаана соһуччу,
эмискэ ыйытар:
— Уйбаан, эйигин 50 бууту көтөҕөр дииллэр ээ, ити хайдаҕый? Оннук үлүгэр
ыйааһыннаах туту көтөхпүккүнүй? — диэн.
— Бэй, бу киһи күлүү гыммыкка дылы тугуҥ тылай, доҕоор, айыккабын! —
диэн Уйбаан хайдах эрэ сөбүлээбэтэх курдук туттубут.
— Оттон ити аҕаҥ оҕонньор кэпсиир дии. Биэс уон бууту мин уолум Уйбаан
көтөҕөр диир.
— Эс, бу да киһи, аны ити түөһэйбит оҕонньор тылын кырдьыктанан ууга
киирэн түһэриҥ буолуо.
— Ким билэр, доҕоор! Мин көрдөхпүнэ түөһэйэ иликкэ дылы дии.
— Эс, адьас түөһэйэн, туох да киһи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын тиэр-маар эр-
дэр киһи, итинтикэҥ, — диэн Уйбаан адьас сыһыарбатах. Куонаан да дапсы-
йан ыйыппатах. Ити курдук күүс туһунан кэпсэтии итинэн бүтэйдии хаалбыт.
Киэһэ аһылыктарын аһыыллар.
— Аттарбын аһатыа эбиппин, — диир Куонаан.
— Мин далга от эбэн биэриэм, илдьэн ыытаар, — диэн баран, Уйбаан тах
сан барар. Куонаан кини кэнниттэн тута тахсан икки аттааҕын далга илдьэн
ыытар уонна дал ааныгар киһитэ кэлэрин кэтээн, тохтоон турар. Уйбаан от
ыһан баран Куонааҥҥа тиийэн кэлэр. Куонаан икки илиитинэн тоһуйа тутан
туран:
— Уйбаан, кырдьык эйигин үчүгэй курдук этэллэр ээ. Кэл эрэ, оонньуу
кэриэтэ тардыалаһан көрүөх эрэ.
— Кэбис, доҕоор, ол эмиэ туох буолуох баҕайытын. Мин эйигин кытта
кыайан оонньообот киһибин. Ол дьон ону-маны мээнэ кэпсээтэхтэрин аайы,
63

