Page 69 - Дүпсүн сирэ
P. 69
дук үгэргээн бэйэбэр хатыллыбыта. Уйбаан, хор ол курдук, миэхэ кини бэйэ-
тин ордугун биллэрэн турардаах», — диэн быһаарара Куонаан.
Былыргы күүстээхтэр ити курдук бэйэ-бэйэлэрин, биллибэтинэн бүтэйдии
боруобалаһан, билсэр идэлээхтэрэ үһү.
И.Г.Березкин,
Саха сиринээҕи кыраайы үөрэтэр
Емельян Ярославской аатынан музей хомуйууларыттан
Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ. — Дьокуускай, 1977 с.
5. Бөҕө Буолдьай
Лыткин Алексей Николаевич-Буолдьай I Өспөххө Куоһаҕас кырдалыгар
олорбут. Урукку былааска кини Уйбаан Сүөдэрэбис Охонооһойоп суруксукка
хамначчытынан сылдьыбыт. Кыайыгас үлэһитинэн, бэйэтин дэгиттэр кыана-
рынан биллибит. Күүстээх Куонаан: «Күүһүнэн чугас эргин киһи таба көрөр
киһитэ, Биэрибэй Өспөххө Бөҕө Буолдьай баар», — диэбиттээх эбит. Буол-
дьайтан быдан эдэр эрээри Копырин Николай Иванович-Чокуой кинилиин
бодоруһан мэлдьи кэриэтэ бииргэ сылдьар, бииргэ үлэлиир эбит.
Биирдэ от үлэтин быдан иннинэ Буолдьай тойонугар Уйбаан суруксукка
тиийэн:
— Тойонуом, чэйинэн, табаҕынан быстыы буолла, окко үлэлэһиигэ аахсыах-
пыт буоллаҕа, иэһээ, — диэбит. Онуоха тойоно хап сабар:
— Эйигин атаҕынан да бэркэ кыанар оҕо диэн сураҕы истэбин, оонньоон
көрдөр эрэ, ол кэнниттэн кэпсэтиэхпит, — диэбит. Итиниэхэ Өлөксөй сөбүлүү
истибэтэх курдук туттан турбахтаан баран: «Чэ, буоллун даҕаны»,— диэбит
Буолдьай, бүтэй баҕанатыттан баҕанатыгар диэри таҥастыын лэбиргэччи кы-
лыйан көрдөрбүт. Аны үс үүт бүтэйи иннинэн, кэннинэн көтөн көрдөрбүт.
Суруксут:
— Дьэ кырдьык, Өлөксөй атаххынан чахчы кыанар киһи эбиккин, — диэн
хайҕаабыт, итиэннэ баайыы аҥаара чаркааскай сэбирдэх табаҕы, биир чэйи
биэрбит.
Баатаҕайга Үчүгэй Үрэххэ биирдэ окко киирии саҕана буолбут, ыһыахха
Өлөксөйдөөх хаһыа да буолан күүлэйдии, көрө-истэ тиийбиттэр. Көр-нар, кы-
мыс иһии кэнниттэн илии-атах оонньуута буолбут. Энинэ бэйэлээхтэр кылы-
йан кыыраҥнаппыттар. Кылыылара дьээбэлээх эбит. Бүтэһик туоска буурдаан
ойууга икки мастаах хатай бүтэйи үрдүнэн көтүллүөхтээх эбит. Туоһу хас да
киһи аһартаабыт. «Уһун Күөллэр, холоһон көрөр киһилээххит буолаарай?» —
диэн олохтоохтор тыл бырахпыттар. Икки кырдьаҕас Өлөксөйгө кэлэн:
— Ньукуус Лыыккын оҕото Өлөксөй баар эбиккин дуу, атаххынан ханнык
эрэ сураҕыҥ иһиллэрэ. «Ыччаппыт, кырдьаҕас дьонуҥ тылын ылынан онньоон
көрдөрөн бар», — диэн көрдөспүттэр. Онуоха бииргэ кэлбит табаарыһа Лыт
кин Николай Яковлевич-Муоха Ньукулайа тута сөрөөн:
— Чэ, бачча көрү-нары көрбүччэ, боруобалаан көр, — диэбит. Өлөксөй ойон
кэлэн, тас таҥастыын, этэрбэстиин бэрт чэпчэкитик кылыйан, дьон туоһугар
оруобуна тиийбит. Кини хаһан да киһи туоһун аһара түспэт идэлээх эбит.
65

