Page 138 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 138
122 П. В. ОГОТОЕВ
Быыкаа оҕонньор —
Сир түннүгэ
Сээркээн Сэһэн
Сэһэнэ киирэн,
4110 Сэксэллэн олорон
Эдэр эрдэҕинээҕитин
Эргитэ санаан
Эмээхсинигэр этэр эбит: 4
«Күөгэйэр күммэр
Киһи барыта кэрэхсиир
Киһи да киһи этим.
Эдэр эрдэхпинэ —
Этим-хааным сэргэҕэ...
Сураҕы- садьыгы
4120 Суһаллык истэрим,
Солуну, соһуччуну
Суудайан билэрим.
Билигин даҕаны,
Бу да буолларбын,
Барыны-бары
Билэ-истэ олоробун...
Бу туох ааттаах
Алдьархайдаах аан талҕа
Аан дайдыны
4130 Алдьатыах курдук
Таҥнары сатыылаата ?
Бу туох үлүгэрдээх
Сордоох силлиэмэтэ
Сири-дойдуну
Сиҥнэриэх курдук
Сэллээбэккэ силлиэрдэ ?
Бу ханнык бэйэлээх
Хаардаах-самыырдаах
Хара хапсыыр
4140 Хахайдыы хаһыырда,
Туох иэдээннээх
Кулан буурҕата
Күннэри-түүннэри
Куугунуу ытылынна ?
Эмээхсиним эрэйдээх,

