Page 139 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 139
)ЛЭС БООТУР 123
Эн туту билэн-көрөн олороохтуугун,
Сааһыҥ тухары миигин эрэ
Ас курдук мыынарыҥ,
Таҥас курдук сирэриҥ эрэ баар.
4150 Бу буор сир
Баараҕай баҕаната,
Туруу бараан дойду
Тулхадыйбат тулааһына
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур обургу
Ус балыстарын
Үөс Тардар обургу
Уоран-талаан барбытын
Ириэнэх суолун ирдээн,
4160 Тоҥ суолун тордоон,
Омуннаах айаны
Оройуттан тутан,
Күлүмэх айаны
Көҕүлүттэн харбаан,
Улуу дойду
Улаҕатыгар охсуллубут,
Тэгил дойду
Түгэҕэр тэбиллибит...
Үөс Тардары эккирэтэн
4170 Үс төгүл
Өлө-өлө тиллииһи,
Кэлин уһугар тиийэн
Кыайыылаах кини буолууһу.
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур обургу
Былыргы мин
Күөгэйэр күммэр да тиийбэтэр,
Дьэ, кырдьык даҕаны,
Костер да көрүҥүнэн
4180 Киһи аххан эбит!» — диир.
Онуоха кытта кырдьыбыта
Кыыһыран киҥинэйэр:
«Баҕайыҥ баара
Билинҥэ диэри

