Page 140 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 140

124                                                                  П. В. ОГОТОЕВ









                                 Бэрдимсийэн быһа сытыйар,
                                 Кыратын, куһаҕанын билиммэт,
                                 Кэм да киһиргии олорор,
                                 Ким кырдьыктаныан», — диир.


                                 Эһэ Хара аттаах
                        4190 Элэс Боотур
                                 Истибэтэҕин истэн,
                                 Көрбөтөҕүн көрөн,
                                 Бэри диэн бэркиһээтэ,
                                 Сөрү диэн сөхтө:
                                 «Көр, итиччэ
                                 Кып-кыра эрээри
                                 Киһиргэһин көрүҥ!
                                 Ол эрээри,
                                 Бэрдимсигин бырахтахха,
                        4200 Бэртээхэй да оҕонньор эбит,
                                 Эчи, барыны бары
                                 Билэн-көрөн түһэн,
                                 Билбитэ-көрбүтэ түргэнин!» —
                                 Дии санаат,
                                 Эмиэ ахсым айаны
                                 Айаннаабытынан барда.
                                 Улуу дойду
                                 Улаҕатыгар охсулунна,
                                 Тэгил дойду
                        4210 Түгэҕэр тэбилиннэ.
                                 Өр да, өтөр да барбытын билбэтэ,
                                 Биирдэ өйдөөн көрбүтэ:
                                 Күөх торҕо буруо унаарыйбыт,
                                 Киһи-сүөһү бөҕө тоҕуоруйбут
                                 Кэрэ бэйэлээх
                                 Киэҥ сир
                                 Кини иннигэр
                                 Үс күннүктээх сиртэн
                                Хотун дьахтар туһахтатын курдук
                        4220 Туналыйан-туйааран көһүннэ.
                                 Көстүбүт сири
                                 Өр-өтөр гыныах бэйэлээх
                                 Эр бэрдэ буолуо дуо,
   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145