Page 144 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 144
128 П. В. ОГОТОЕВ
Төрдүс ураһа
Туналыйан турар эбит.
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур
Хотугу хоннох диэки
Хаамтаран ходьороҥнотон,
4350 Сиэллэрэн сэгэлдьитэн эрдэҕинэ,
Кутас кулун
Көхсүн тириитэ сонноох,
Өрөҕөтүн тириитэ ыстааннаах,
Кэлин тыһа этэрбэстээх,
Илин тыһа үтүлүктээх,
Кулун баттаҕа бэргэһэлээх,
Кутуруга дэйбиирдээх,
Сутука курдаах,
Уонча хаамыыга тэбэр
4360 Оччугуй ох саалаах,
Быһах саҕа
Батыйа дуомнаах,
Үөл титирик
Үөрбэ үҥүүлээх,
Толунньаҥ курдук сирэйдээх,
Тобук курдук сүүстээх,
Маадьаҕар атахтаах,
Мааһайбыт быһыылаах,
Чох курдугунан
4370 Чоҕулуччу көрбүт,
Бэлэстээх бэрдэ,
Айахтаах атыыра,
Сорукка сылдьар,
Сорук-боллур уол сордоох,
Таакаллыбыт быһыылаах,
Танхаҕар унуохтаах
Тааҕылаах убаһа атынан
Көлүччэ кытыытыгар
Куска үөмтэрэн
4380 Кутуйах курдук
Куйтугулдьуйан иһэн
Кинини көрө түһээт,
Үс ураһа диэки,

