Page 143 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 143

).)Г)С БООТУР                                                                     127









                                                Сылгы сүөһүтэ
                                                Халлаан сулуһунааҕар
                                                Халыҥ үгүс,
                                                Хонуунан холуйбут
                                                Хойуу иһэҥэй түүлээх,
                                                Холоҥсолоох сыттаах,
                                        4310 Хоноҕор муостаах,
                                                Ачаахтаах туйахтаах
                                                Анах сүөһүтэ
                                                 Сир дулҕатынааҕар
                                                Дэлэй элбэх эбит.
                                                Ааттаах алаас
                                                 Арҕаа өттүгэр,
                                                 Кэрэ бэйэлээх сир
                                                 Килэдийэр киинигэр,
                                                 Дьоһун үтүө сир
                                        4320 Дьогдьойор саалыгар,
                                                 Туйгун сир
                                                 Туналыйар туһахтатыгар
                                                 Үс муус маҥан
                                                 Моҕол ураһалар
                                                 Үс күннүктээх сиртэн
                                                 Куба курдук
                                                 Кылбаһан,
                                                 Кынтаһан
                                                 Көстөллөр эбит.
                                        4330 Ол аҥаат-муҥаат
                                                 Аҥаарыйбыт,
                                                 Айгыстыбыт
                                                 Ааттаах алаас
                                                 Хаҥас өттүн
                                                 Хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ —
                                                 Тоҕус ураанньыктаах
                                                 Туорай маҥаас тумул
                                                 Тымныы тыал түспэт
                                                 Буобура нусхал булунугар,
                                        4340 Саталаах салгын
                                                 Сайа охсубат
                                                 Кистэлэҥ кэтэҕэр —
                                                 Киис кэрэ хонууга
   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148