Page 142 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 142

126                                                                  П. В. ОГОТОЕВ









                              Барбат бараахтаах,
                              Быстыбат былдьырыыттаах,
                              Дьиэтийбит дьиэрэҥнээх,
                              Көппөт көҕөннөөх,
                              Тумнубат туллуктаах,
                              Аралдьыйбат арылыастаах,
                     4270 Өрөөбөт өтөннөөх,
                              Кэрээбэт кэҕэлээх,
                              Көҥүл көрүлүүр күөрэгэйдээх,
                              Күннэтэ күөрэйэ ойор
                              Күлүм-мичил
                              Күндү күннээх,
                              Түлэй бараан
                              Түүн ийэни сырдатар
                              Тунал маҥан ыйдаах,
                              Кэлэр үйэлэргэ
                     4280 Кэнчээритэ быстыбат
                              Кэрэ кэскиллээх
                              Килбиэннээх киһилээх,
                              Үгүс үйэлэргэ
                              Үөскээн төлөһүйэр
                              Өҥ-тала
                              Үтүө сүөһүлээх,
                              Охтон баранар мастаах,
                              Уолан сүтэр уулаах,
                              Уостан бүппэт уйгулаах,
                     4290 Сир гиэнин сиэдэрэйэ
                              Ситэн-хотон
                              Сил ИГИЛ ээн - сириэдийэн,
                             Дойду гиэнин долгуруута
                             Туругуран тупсан
                             Турар эбит.
                              Бараммат-хороммот
                             Барҕа баайдаах,
                             Дириҥ далай курдук
                             Дохсун тоттоох
                     4300 Дойду эбит.
                             Сыһыынан кэмнээбит
                             Сыспай сиэллээх,
                             Сырдык ыраас түүлээх
   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147