Page 183 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 183
ЭЛЭС БООТУР 167
Үөгүлүүр үөттээх,
Хаһыырар хатыҥнаах,
Харах уута көлүйэлээх,
Өһөх хаан өрүстээх,
Бургунас ынах саҕа
Баҕыргыы олорор баҕалаах,
Кунан оҕус саҕа
5760 Хончоҥнос хомурдуостаах,
Тиҥэһэ ынах саҕа
Тыһы тыймыыттаах,
Өҕүрүмэр сүөһү саҕа
Үллэҥнэс үөннээх,
Күрдьэҕинэн баһыллар
Көймөҥнөс күрдьэҕэлээх,
Киһини кыыс бэрбээкэйинэн
Кыймаҥнас кыһыл чиэрбэлээх,
Эриллэҥнии сүүрэр,
5770 Икки атаххар эриллэр
Эриэн үөннээх,
Часкыйа сытар
Сырҕан эһэлээх,
Улуйа олорор
Торҕон бөрөлөөх,
Онолуйар - орд оотуур
Оботтоох оҕонньордоох,
Энэлийэр-эймэнэр
Иҥсэлээх эмээхсиннээх,
5780 Ходьон өлүү холбоспут,
Дьирэҥ өлүү дьиэлэммит
Обот-соллоҥ уолаттардаах,
Кыдьараҥ дьиэрэҥкэй кыргыттардаах,
Кэлтэгэй күннээх-ыйдаах,
Кэлэҕэйдиир кэҕэлээх,
Кэҥсик-муҥсук сыттаах
Кэниэрдээх кэрис бараан дойду
Барбатах балык миинин курдук
Бадыа-бүдүө,
5790 Буспатах мунду миинин курдук
Борук-сорук,
Будул-туман дойду

