Page 187 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 187

ЭЛЭС БООТУР                                                                         171










                                       5910 Мэнэгэйдээх бэлэстэр,
                                                Тоттубут диэн
                                                Түксүлүүргүт биллибэт.
                                                Тыыҥҥытын иһиллии иликпинэ
                                                Түргэнник тарҕаһа тардыҥ.
                                                Түгэх дойду
                                                Түүн сырыылаах
                                                Түрүлүүр түөкүттэрэ», — дии-дии
                                                Түҥнэритэ анньыалаан,
                                                Түҥ-таҥ түһэртээн
                                        5920 Түүрэйдээн эрэр эбит.


                                                Элэс Боотур обургу
                                                Үөһэттэн түспүтэ
                                                Күлүгэ көстүбэт,
                                                Аллараттан быкпыта
                                                Быркыта биллибэт,
                                                Орто дойдуттан кэлбитэ
                                                Урсуна көстүбэт,
                                                Эмискэ үлүгэр
                                                Этиҥ түспүтүн курдук
                                        5930 Эҕирийиэх иннинэ
                                                Кини иннигэр кэлэн
                                                Кэтиллэ түстэ.
                                                Үөс Тардар
                                                Өһөх Хабар обургу соһуйан:
                                                «Һоо-татат! »— диэт,
                                                Тоҕус саһаан сиргэ тиийэн
                                                Тиэрэ таһылла түһэн иһэн,
                                                Тааска тиийэрэ
                                                Тутум эрэ хаалтын гынна
                                        5940 Тоҥ тиит курдук
                                                Тура түстэ да,
                                                Хаһыыра түһээт
                                                Халлаан оройугар
                                                Хамса буруотун курдук
                                                Унаарыс гынан хаалла.
                                                 Көрүөх бэтэрээ өттүгэр
                                                 Кырыылаах үөрбэ буола охсон
                                                 Кыырай халлаан кырсыттан
   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192