Page 188 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 188

172                                                                  П. В. ОГОТОЕВ









                              Кустук оноҕос курдук куһууран
                     5950 Төбөтүн оройун туһаайбытынан
                              Түргэнтэн-түргэнник
                              Түһэн иһэр эбит.
                              Төбөтүгэр тиийэрэ
                              Түөрт эрэ илии хаалтын кэннэ
                              Элэс Боотур
                              Этэ тардан
                              Иҥнэс гынан,
                              Сиирэ көтөн
                              Сиргэ ньимис гынан хаалла.
                     5960 Ситэ өйдөнө илигинэ
                              Сииргэ сорунан,
                              Аһарыан иннинэ
                              Атаҕын икки ардынан
                              Куһуурда-куугунаабытынан
                              Күөрэйэн тахсан иһэр эбит.
                              Тоҕус саһаан сиргэ
                              Туора ойон биэрэн,
                              Тугун да таппакка
                              Тобулу ытан,
                     5970 Ыастаах кустук оноҕос курдук
                              Ыйылыы көтөн,
                              Өһөх Хара халлаан
                              Үрүт өттүн диэки
                              Өрө кыырайа турда.
                              Төттөрү түһүүтүгэр
                              Тус иннигэр кэлэн
                              Тоҥ тимир курдук
                              Туруору саайылла түстэ да,
                              Үөс Тардар обургу
                     5980 Илэ бэйэтинэн буола охсоот,
                              Элэс Боотуру,
                              Харсаары гыммыт атыыр оҕус курдук
                              Хааннааҕынан хаһылыччы көрөн туран,
                              Күлүү-элэк гынан,
                              Куула тыа
                              Куруҥ маһа
                              Кумаланыар диэри
                              Күлэн күллэрэстии,
   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192   193