Page 94 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 94
94 П. В. ОГОТОЕВ
Тойон кынныһахпын
Аҕыс уон аҕыс
Ааһар албаспынан
Аһара түһэн,
Тоҕус уон тоҕус
3020 Куотар кубулҕаппынан куоһаран,
Кыайан-хотон,
Өлөрөн-өһөрөн бардахпына
Үс дойду күлүүтүгэр барыам,
Хойукку да өттүгэр
Хомуруйа сылдьыахтара,
Кэнники да өттүгэр
Кэнчиэлээх буолуо», — диэт,
Буору-сыыһы бүрүммүтүнэн
Адаҕыс гына ойон турда да,
3030 Тус хоту диэки хайыһан туран
Энэлийэн эрэр курдукр^7
Ыллаан эҥсэлийбитинэн барда.
Үөс Тардар
Дхотун эдьиийим
Хаан Сарахайдаан
Улуу удаҕан дьаалы,
Утуйбут буолларгын уһугунд
Уҥмут буолларгын өйдөн,
Өлбүт буолларгын өндөй,
Ыраах буолларгын чугаһаа,
3040 Чугас буолларгын кэлэ тардыый!
I Били мин
Биэс уон бууттаах
Мэрилиир мээчикпищ
Үс дойду
Үтүө бэйэлээхтэрин
Үтүмэн үгүһү
Өлөрбүтүм иһин,
Ийэм эмээхсин эрэйдээх
Сыттыгын анныгар уктан
3050 Утуйар буолбута.
Ону\бэрт түргэнник!

