Page 98 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 98

9 8                                                                   П. В. ОГОТОЕВ










                            Сэрэппэккэ эрэ сиэтэ диэн
                            Сэмэлии сылдьаайаҕын,
                            Сэрэнэн-сэрбэнэн тур эрэ»? — диэт,
                          /Үс төгүл түҥнэри холоруктуу түһээт,
                   3170 Биэс уон бууттаах
                            Мэрилиир мээчйгин
                            Быраҕан курбачьшпыта, —                                                       • V Л
                            Мээчигэ
                           Хотоҕойдоох хоһуунун
                           Куорсунун тыаһын курдук
                           Өрө куһуура түстэ...
                           Эһэ Хара аттаах
                           Элэс Боотур,
                           Биэс уон бууттаах
                   3180    Мэрилиир мээчик
                           Хайҕахтаах хара быарын
                           Хаба ортотугар
                           Түһэн истэҕинэ,
                           Хаптас гына аһарыах буолта —
                           Биэс уон бууттаах
                           Мэрилиир мээчикЪс^ош^Л^
                          ГГөбөтүн хаппакын
                           Түҥнэри көтөн ааста...
                           Элэс Боотур
                   3190    Күүстээх холорук булгу сөрөөбүт
                           Мунур тиитин курдук
                           Түҥнэстэ түстэ,
                           Өлбүтэ-тыыннааҕа биллибэккэ
                           Өмүттэн сытта..^
                           Үс хонон баран
                           Үөл-дьүөл
                           Өйдөнөн кэллэ.
                           Төбөтүн хаппаҕа
                           Хаспахха түспүтүн,
                   3200    Харбыалаан булан
                           Оннугар уурунан кэбистэ.
                           Ийэтэ эмээхсин эрэйдээх
                           Мутугунан быраҕар
                           Мунур үйэтэ бүтэн,
                           Өлөөрү өөкөйө сытан,
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103