Page 95 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 95

Уоран-уккуйан
                                                 Аҕала тардыый!
                                                ^Хотун эдьиийим,
                                                 Күн туллара,
                                                 Күһэҥэ быстара буолла,
                                                 Көрдөһөр да күттүөннээх,
                                                 Ааттаһар да ахсааннаах,
                                                 Өлөр-хаалар күммэр
                                        3060     Өрүһүйэ тардыый!^
                                                 Оҕуруктаах санаалаах
                                                 Уот Уһуму обургуга умсугуйан
                                                 Солуута суохха
                                                 Сыраҕын бараама,
                                                 Кэргэн ылбат буолан
                                                 Куота-күрэнэ сылдьара буолуо.
                                                 Күүскүнэн кэргэн буолаары
                                                 Эккирэтэн эрэйдэнэҕин дуо ?
                                                 Киһи кининэн бүппэтэх,
                                        3070     Кэлэ тардыый!» — дии-дии
                                                 Абааһы атамаана
                                                 Аймана-сулана турда.
                                                 Эппит тыла
                                                 Этиҥ былыта буолан ньирилээтэ,
                                                 Саҥарбыт саҥата
                                                 Сата былыт буолан сатараата.
                                                 Сыылба киһи
                                                 Сытан баран
                                                 Туруон икки ардыгар
                                        3080     Тус хотуттан
                                                 Хара маҥаас суор хааҕырҕаабытынан,
                                                 «Хаан-хаан» диэбитинэн,
                                                 Халаахтыы көтөн күпсүйэн кэлэн,
                                                 Хаард аах- самыырд аах
                                                 Хара былыт үрдүгэр
                                                 Хатан дьыбар саҥалаах,
                                                 Хара хаан олбохтоох
                                                 Хаан Сарахайдаан
                                                 Улуу удаҕан дьаалы буола охсон,
                                        3090     Айыылаах-харалаах
                                                 Алдьархайдаах аллараа дайды
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100