Page 96 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 96

96                                                                   П. В. ОГОТОЕВ










                              Ап чалахайа
                              Бытырыыстаах таҥаһын
                              Быакаччы кэтэн намылытан,
                              Түрбүөннээх, төлкөлөөх
                              Түөлбэ хаан дүҥүрүн
                              Тобугар туора ууран,
                               Мэк тунуй кыыл
                              Саннын унуоҕа
                      3100 Дьэбиннээх дьэс алтан былаайаҕынан
                              Таҥнары чарапчыланан,
                               Сөһүргэстээн сөҥөдүйэн,
                               Суоһурҕанан сойуодуйан
                               Олорбохтуу түһэн баран,
                               Быыра быһый былаайаҕынан
                              Дүрбүөннээх дүҥүрүн
                               Үс төгүл
                              Дүр-дүр
                              Дүүгүнэччи охсон баран,
                      3110 Томороон тойук туойан дойҕохтуу,
                               Ымдаан-эркин ырыа ыллаан
                               Ыҥсалыта олордо.

                               Хаан Сарахайдаан удаҕан


                               «Иһилигим-таһылыгым,
                               Иирээнигим-иэдээнигим,
                               Эҥнэлигим-таҥналыгым
                               Эминэ туомуй!
                               Үөс Тардар
                               Өһөх Хабар эрэйдээх,
                               Сурдьум сордоох,
                      3120     Эн биһиги
                               Иккиэн даҕаны
                               Иэримэ дьиэни иччилээбэт,
                               Төрөтөр оҕону төлкөлөөбөт,
                               Киһи буолан кэнчээрилээбэт
                               Кэрэгэй кэскиллээх
                               Уһун эрэйдээхтэр эбиппит.
                              /Абааһы аймаҕа
                               Хайа да кэмҥэ,
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101