Page 99 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 99
99
Өлөр-хаалар күҥҥэр
Өрөһүллээр диэн,
Тыына тахсыан эрэ иннинэ
Туттаран кэбиспит/74
3210 Өлбөт мэҥэтин уутун
Хаҥас хаппар куҥар
Кистээн сылдьарын
Харыс кэриҥэ
Хайа анньан ылан
Иһигэр истэ,
Таһыгар унунуохтанна.
Хараҕа сырдаата,
Көхсө кэҥээтэ,
Уруккутунааҕар уон төгүл
3220 Ордук буоларга дылы гынна,
Омуннаахтык ойон турда.
Иэримэ дьиэтигэр тиийэн
Кыра балтын көрбүтэ —
Кубус кураанах,
Онно эрэ оҥойон хаалбыт... ,
Алаһа дьиэтигэр
Аал уотун иннигэр
Сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйэн,
Сөһүргэстээн олорон,
3230 Алгыс алҕаан,
Тойук туойан
Доллоһута олордо.
Элэс Боотур
«Дьиэ-буо! Дьиэ-буо!
Алаас сыһыы быһаҕҕаһын саҕҕа
Араҕас таала холумтан дьаарбаҥнаах,
Уоттаах чох тэллэхтээх,
Сымнаҕҕас сыттыктаах,
Сылаас күл суорҕҕаннаах,
Эскэл тый быарын саҕҕа
3240 Эриэн таас эстэриилээх,
Хаардаах бугул саҕҕа
Хардаҥ от саҕҕаһалаах,

