Page 97 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 97
Ханнык да үйэҕэ^.
3130 Көхсүттэн тэһииннээх
Көмүскэстээх санаалаах
Күн өркөн улууһугар
Күтүөт оҕо буолта биллибэт./
Айыы аймаҕын
Ааттаах үчүгэй кыыһын
Хоойго сытар
Холоонноох гынаары/
Айаҕаланан аххан эрэҕин да,/
Аан курдук алдьанарыҥ,
3140 Иин курдук иҥнэстэриҥ
Буолуо, нойоон!
Ол кэриэтин
Уот Урбалдьын балтын
Ойох ылларгын
Уон төгүл
Ордук буолуо этэ» диэт,
Өһөх Хабары
Үрдүнэн ааһан иһэн,
Биэс уон бууттаах
3150 Мэрилиир мээчиги
Мүччү ыһыктан кэбистэ.
ГӨһөх Хабар обургуд
Харалҕан да буоллар,
Хапсаҕай баҕайы
Улуу күтүр эбит,
(Сыыһа туттуох
Бэйэлээх буолуо дуо —
Ытыһыгар түһэрэ охсон ылла,
Үөрэн ымах-амах гына,
3160 Элэс Боотуру элэктии
Этэ-тыына турдаД
Үөс Тардар
«Дьэ эрэ, нойоон,
Уол оҕо төрөөҥҥүн
Уйаныҥ-хатаныҥ
Биллэр күнэ буолла.

