Page 15 - Олоҥхо биһигэр
P. 15

ОЛОҤХОҺУТТАРА УОНИА НОРУОТ
                             ЫРЫАҺЫТТАРА



                                                          Николай  БУРЦЕВ

                                        ӨРҮҮ ТЫЫННААХТАР

                                    Оҕочоон  кыра,
                                    Орой  мэник эрдэхпиттэн
                                    Оо,  олустук таптыырым
                Автор
                                    Олоҥхону истэр  киэһэни.
           СИВЦЕВА М.З.             Ол  ЭТЭ  ДЭҤНЭТЭН
                                    Туһаайар дьоро  чааһы,
                                    Кэпсэл  оҥостон  эрдэттэн
                                    Кэтэһэр  кэрэ  кэмим.
               Редактор             Билигин даҕаны
                                    Мин  өйбүттэн  сүппэттэр
             А.Н.Жирков             Ол  өрдөөҕү  олоҥхоһуттар,
                                    Олодуспут түс-бас  оҕонньоттор,
                                    Бэйэ  бодолорун тардынан,
                                    Түһэх баттанан олорон,
                                    Харыыта суох этэн субурутан,
                                    Хааһахтан хостуурдуу суккуйан,
                                    Кутан-симэн  бардахтарына,
                                    Киэҥ  көҥкөлөй  күөмэйдэринэн
                                    Кимиэллээхтик дьиэрэтэн,
                                    Киҥкинэтэн  киирдэхтэринэ,
                                    Көмүлүөкпүт  үөлэһэ
                                    Күҥкүнэччи  мөҕүрэһэрэ,
                                    Хотоннуун хоһоонноноро,
                                    Үгэхтиин  үөгүлэһэрэ,
                                    Куруҥах мае  саҕаһа
                                                                        11
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20