Page 17 - Олоҥхо биһигэр
P. 17

Утуйар уубун  уймууллар,
                       Сүрбүн-куппун  сүпсүнүтэллэр.
                        Кинилэр  бэйэлэрэ  эрэ
                       Кистэммиттэр  буор  ИЙЭҔЭ,
                       Хоһооннорун холуон  хомуһуна,
                        Иэйиилэрин  этигэн  илбиһэ
                       Өлөр  өлүүнү кыайаннар,
                       Өрүү,  өрүү тыыннаахтар.

            1994 с.,  тохсунньу 20 к.


                               1.1.  КИИРИИ  ТЫЛ

                                                 ...  Саллар  саас тухары олоххо
                                                    Саханы  үрдэтиэ олоҥхо...
                                                       Куннук Уурастыырап
            Саха  Республикатын  Наукаларын  Академиятын  Гуманитар-
        най  чинчийэр  институтун  учуонай  сүбэтэ  олоҥхо  саха  тус  бэйэтин
        эпоһын  быһыытынан  1250  сылын  2000  сылга  туолар  диэн  1998  с.
        ыытыллыбыт киэҥ ынырыылаах мунньаҕар чопчулаабыта. Бу маннык
        үтүмэн үйэлэр түгэхтэриттэн саха олоҥхотун өлбөт-сүппэт үйэлээбит,
        төннүбэт төлкөлөөбүт дьоннорунан  олоҥхоһуттар  буолаллар.
            Олоҥхоһуттар  19-с  үйэ  бүтүүтүгэр  20-с  үйэ  саҕаланыытыгар
        муҥутаан сайдан  олоҥхолоон,  ыллаан-туойан  ааспыттара.  Ити кэм-
        нэргэ  дьаам  суүрдуүтэ  уонна  өрүһүнэн  айан  сайдан,  олоҥхоһуттар
        улуустан  улууска  түһэн,  ыырдара  кэҥээбит  кэмнэрэ  этэ.  Итинник
        уһун, киэҥ сырыыларга айылҕаттан айдарыылаах, баҕаран, дьулуһан
        туран идэ  оҥостон дьарыктанар сүдү дьоҕурдаах,  айдарыылаах дьон
        олохторун  аныыллара.
            Биһиги улуустан Д.М.Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй, П.А.Охлоп-
        ков-Наара  Суох,  Н.Р.Петухов-Дьаралыктаах  Наһаар,  М.А.Попов-
        Мочохоос  уола,  Н.П.Бурнашев-Боодоҕос,  В.П.Заболоцкай-Бачы
        Баһылай  уо.д.а.  курдук  идэтийбит  олоҥхоһуттары  ордук  чорботон
        бэлиэтиэххэ  сөп.| Кинилэр  эдэр  эрдэхтэриттэн  дьиэлэриттэн-уотта-
        рыттан  тэлэһийэн,  Өлүөнэ,  Алдан,  Бүлүү  өрүстэри  өрө-таҥнары
        сыыйан,  хоту-соҕуруу улуустарынан  сылдьан,  араас  улуустар  аатыр-
        быт  олоҥхоһуттарын  истибит,  сорохторун  кытта  күрэхтэспит
        дьоннор  буолаллар.  Идэтийбит  олоҥхоһуттар  талааннарыгар  дьон
        сүгүрүйэрэ,  ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара.  «Ол олоҥхоһут онно
        тиийбит,  манна  олоҥхолообут»  диэн  сурах  ыалтан-ыалы  тилийэ
        көтөрө.  Олоҥхоһут кэлбит киэһэтигэр үөрүү-көтүү  буолара,  бастыҥ
        оронноругар  олордоллоро,  баардарынан-суохтарынан  маанылыыл-
        лара.  Кинилэр  күүстээх  кэрэ  куоластара,  хомоҕой  тыллара  сылаас
                                                                        13
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22