Page 16 - Олоҥхо биһигэр
P. 16
Куугуначчы умайыах айылааҕа
Дьиэбит бараана барыта
Дьигиһийэн тыаһаан барара.
Уһун куйаар ол олоҥхолорго
Ураты дьон олороллоро —
Дьон хотойго холоонноохторо,
Дьороҕоно сотолоохторо.
Орто дойдуга туруулаһан,
Уйгуну уһаналлара.
Урааҥхай саханы сомоҕолоон
Уруйдаах олоҕу туталлара.
Оччотооҕу оҕо санаабар,
Онно хоһуйуллар
Күн айыы Туйаарымалар
Күлүмүрдэс ньуурдара
Клирэр-тахсар сарыалларга
Кыттыспыта буолуо диирим.
Тойон Мүрү эбэккэйим
Тоһуллаҕас тумуллааттара
Олоҥхо дьикти дойдутуттан
Ордубуттара буолуо диэммин
Сайылыкпытыгар харсыһар
Суулбут дуолан оҕустар
Муостарын хатан тыаһын
Үҥүү үҥүүттэн тэйэригэр,
Батас батастан халтарыйарыгар
Барыллаан холуу саныырым.
Бэл олоҥхоһут бэйэтэ
Борук-сорукка мин харахпар
Букатын уларыйан хаалара —
Көмүстэн кутуллубут куйахтанан
Күлүмнүү олорор курдуга.
Оо, улуу дьаҥсал олоҥхоһуттар,
Ыар-нүһэр ытык кырдьаҕасгар
Күрэҥсийбит төбөлөрүгэр
Төһөлөөх төлөн тыллары,
Төһөлөөх добун тойуктары
Түмэн илдьэ сылдьалларай,
Түҥэтэллэрэй бар дьонноругар,
Түмэн элбэх ол баайдарыттан,
Төрүт өбүгэ муспут муудараһыттан
Билиҥҥэ диэри миэхэ
Түлэй бараан түүннэргэ
Түһүмэхтээх түүлбэр киирэннэр
Тойон өһүө баһынан
Туойан чугдаарытаннар,
12

