Page 101 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 101
Хайыннар да
Хаалыа суоҕа,
Элээмэтэ да буоллар
3940 Илдьэ сылдьыам, — диэн баран,
Хардаҥ эһэ саҕа
Хап-хара баҕайыны
Харбаан ылан
Хаспах түгэҕин курдук
Хаппарын иһигэр
Халдьыгыр гыннаран кэбистэ.
Ол гынан баран
Үс төгүл
Умсары хойуостанна.
3950 Тыыннаах эриэн үөнүнэн
Таҥнары хотуолаата,
Бэлэһин үүтүттэн
Бэгэччэгэр диэри уган
Булкуйбахтаан баран,
Аҕыссиринэн
Таҥнары сэлгиэхтээх
Тимир чобуо үөрбэтин
Сулбу тардан ылла.
Бөрөлүү улуйда,
3960 Эһэлии часкыйда,
Суордуу хаһыытаата,
Айыы бухатыырын диэки
Быраҕан эпчиргэлээтэ,
Быһаҕаһа күөх уот буолан
Өрө уһууран кэлэн,
Үллэр өрөһөтүгэр
Сүллүүлээх сүрэҕэр тиийиэҕэ,
Уһуктаах сүөм хаалтын кэннэ,
Айыы бухатыыра
3970 Туона устата холобурдаах
Туора ойон биэрдэ,
Тугун да таарыйбаюса,
Соҕуруу тумарык халлаан
Улаҕатын диэки
Субурус гынан хаалла.
Алаатыыр Ала Туйгун:
— Айыылаах абааһы
Аатгаах бухатыырдара буолан баран,
Биирдииттэн ордук
- 97 -

