Page 98 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 98
Уһуктаах туйахтаах
Тобулу дугумматах,
3810 Чиҥ тиҥилэхтээх
Хомуру үктэммэтэх
Ньыгыл хара
Сымара таас буолакка
Алаатыыр Ала Туйгун
Илэ бэйэтинэн
Сүллэр этиҥ
Тыаһын курдук
Ньир-ньир хаамыталаата.
Утаакы буолбата
3820 Күкүр таас хайа
Күлүк өртүгэр
Туруук хайа
Суулларын курдук
Тыас тыаһа
Л үһүгүрүү түһэрин кытта,
Абааһы уола алларастаабытынан
Сарбас гына түстэ.
Алаатыыр Ала Туйгун
Хамаан-имээн үрэх
3830 Хатыҥа хатыҥнаах,
Томоон-омоон үрэх
Туоһа туостаах,
Кимээн-имээн үрэх
Киилэ кииллээх,
Дьырыма балык
Сиһин үөһэ аҕыныахтаах,
Тэбиэн кыыл
Иэнин иҥиирэ киристээх,
Улуу тоҕой ох саатын
3840 Сулбу тардан ылла,
Оһолго-төрүөккэ туттуллар
Обот чупчурҕан
Оноҕоһун укта,
Нөҥүө кулгааҕар диэри
Тиирэ тардан ылла,
Сото кэбистэ,
Тобуктуу түстэ,
Саманнык диэн
Саҥалаах-иҥэлээх
3850 Буолта эбитэ үһү:
- 94 -

