Page 102 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 102
3980 Аһарсыа суохтаахпыт.
Аһаран биэрдэххэ
Аатыҥ барыа,
Эн диэтэх киһи
Туран биэрдэххинэ
Туох буолуоххунуй? — диэтэ.
Тимир мээчигин
Өтүмэх устата холобурдаах
Өрө ыстана түһэн баран,
Быраҕан куугунатта.
3990 Абааһы уола
Аһаран биэрдэхпинэ,
Аатым барыа диэн
Туран биэрээри
Сорунан көрөн баран,
Айыы уолун мээчигэ
Алыс күүһэ-күдэҕэ
Суоһа-суодала бэрдиттэн
Сытар ынах саҕа
Сымара хара тааһы
4000 Сүүдүйэ харбаан ылан,
Хара быарыгар туттан,
Матас гынан биэртин
Мээчик кэлэн
Тааһын түөрт сиринэн
Хайа тэбэн,
Үрдүк халлаан
Өроһотүн диэки
Өрө уһууран тахсыытыгар
Абааһы уолун
4010 Аллараа уоһуттан
Алта кырбас бадахтааҕы,
Үөһээ уоһуттан
Үс кырбас холобурдааҕы,
Муннун төбөтүттэн
Борооску төбөтүн саҕаны
Логлу көтөн ааста.
Тоҕус былас
Далан хамсык тылынан
Салбанан кэбистэ,
4020 Туора-маары
Сирэйин түнэ сарыы курдук
Түүрэ-хаанньары тутунна,
- 98

