Page 127 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 127

Үөһээ бөҕө
                    Үтүөлэрин өнүппэтэҕэ,
                    Аллараа бөҕө ааттаахтарын
                    Айаҕар түһэрэ турбута.
                    Ордон барбыт сурахтара
                    Иһиллибэт этэ.
                    Эн биһигини син биир
              5060  Тимир тиистэрэ
                    Сытыы-кылаан тыҥырахтара,
                    Сойуо хара тумустара
                    Хотуо суох.
                    Бу киҥкиниир
                    Киэҥ халлаан
                    Кэдэрийэн түһэр ыпсыытыгар,
                    Сэттэ биттэхтээх
                    Сир ийэ
                    Сириэдийэн эрийэр сиксигэр
              5070  Үөл эттээх үктэммэтэх,
                    Тыынар тыыннаах сылдьыбатах,
                    Хара күлүктээх көстүбэтэх,
                    Хамсыыр харамай тулуйбатах,
                    Улаҕата көстүбэтэх,
                    Муҥура биллибэтэх,
                    Умайа турар
                    Уот сымара байҕал ортотугар
                    Кырыктаах илбистээх
                    Кылыс батыйа биитин курдук
              5080  Кыһыл сымара таас
                    Кырдал баара буолуо.
                    Онно тиийэммит
                    Охсуһан көрүөх эрэ.
                    Биир урут
                    Бүдүрүйбүт сүһүөхтээх
                    Мүччү үктэммит
                    Төннүбэт гына
                    Төбөтүн оройунан
                    Түһэн өлөр дойдуга буолуо, — диэтэ
              5090  Абааһы уола.
                       Онуоха буоллаҕына
                    Алаатыыр Ала Туйгун:
                       — Кор да маны!
                    Адьарай бөҕө атамаана
                    Айыы хаан аймахтарын
                                   -    123  -
   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132