Page 126 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 126
5010 Өргөстөөх төбөтүгэр
Үктэнэ түстүлэр,
Өһөгөйдөөх охсуһууларын
Өһөхтөспүтунэн бардылар.
Улуу муора
Улаҕатыттан долгуһуйда,
Өһөх байҕал
Түгэҕиттэн түллэҥнээтэ,
Өрүтэ дэбилийэн,
Өрүкүйэн тахсан,
5020 Өрбөйөр өттүктэрин
Үрдүнэн охсулла турда.
Тиҥсирики чурчурҕан
Тимир тиистээх эриэн үөннэрэ
Өрүтэ чаабырҕаһан тахсаннар,
Уллуҥахтарын оройуттан
Моойдоох бастарыгар диэри
Соллоҥ хара быа курдук
Чороччу эриллэн,
Чообурҕаччы оборон,
5030 Эттэрин симэһинин
Эмэн бардылар.
Төбөлөрүн оройуттан
Тумул быһаҕаһын саҕа
Сутаакы хара
Торҕон суордара тохтоло суох
Тоҥсуйбутунан бардылар,
Бырдах сиэбитин саҕа
Быһааран билбэтилэр,
Н ьаалаҕай түспүтүн саҕа
5040 Сабаҕалыы санаабатылар,
Оҥооччу оборбутун курдук
Олох өйдөөбөтүлэр,
Орулуур отут хонук
Устатын тухары
Охсуһа сатаан кэбистилэр:
— Бу дойдуга
Түспүтү төбөтүттэн ыйыстар,
Киирбити биллэрбэккэ мэҥиэстэр
Торҕон үөннээх,
5050 Сутаакы кыыллаах
Суостаах аххан дойду дииллэрэ.
Үйэ-саас тухары
- 122 -

