Page 128 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 128

Аһылык гыммыккын
                    Астыммакка-топпокко,
                    Аны мин сылаас хааммар иҥсэрэн,
                    Ардьайа сытыйан турдаххын,
              5100  Айаҕымсах муннаах
                    Аһыы охсоору,
                    Сиэмэх эрэйдээх
                    Сии тардаары
                    Тиэтэйдэҕиҥ буолаахтыа.
                    Күөскүн өрүнүмэ,
                    Күөмэйгин оҥостума,
                    Ыстаатаххына астынаар,
                    Ыйыһыннаххына эрэнээр.
                    Анныкы буолан
              5110  Аны бэйэҥ
                    Ардьайан сытар
                    Кэмиҥ кэлээрэй,
                    Ханна тиийэн
                    Бүдүрүтэр сирдээхпин диэтиҥ?
                    Эн да талбыккынан буолан көрдүн,
                    Барыах даҕаны эрэ,
                    Хайабыт урут
                    Бүдүрүйэр эбит, — диэтэ
                    Алаатыыр Ала Туйгун.
              5120     Абааһыуола
                    Сэттэ бүгүйэх истээх
                    Тимир моҕой үөн буолан
                    Дугуур хамса
                    Быатын курдук
                    Чороччу эрийдэ.
                    Айыы бухатыыра
                    Үҥүү-батас тыҥырахтаах,
                    Өргөс тимир түүлээх,
                    Өрүөстээх төбөлөөх,
              5130  Өһогөйдөөх өһүөннээх
                    Өксөкү кыыл буолан,
                    Үстүү былас холобурдаах
                    Үөрбэ-батас тыҥыраҕынан
                    Өгөрүтэ-батарыта харбастылар.
                    Хахсааттаах маҥан халлаан
                    Ханчаҕайын диэки
                    Хатааһын чолбонун курдук
                    Хаһыыра көтөн таҕыстылар.
                                      124
                                   -
   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133