Page 146 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 146

5870  Тамыччы мэлийдэ.
                     Кыһыл эттэрэ
                     Кырамта унуохтарыттан
                     Кылбаччы эһиннэ.
                    Сүллүүлээх сүрэхтэрэ
                    Икки харахтарын уута
                    Систэрин үөһүттэн силбэһэн,
                    Уулла-уулла мөлбөйөн,
                    Түҥнэри-таҥнары эргийэ
                    Төкүнүһэ сыттылар.
              5880  Өлөр үөс быстар
                    Өһөгөйдөөх мэккиэрэ дьэ буолла.
                    Хайабыт урут
                    Хара тыына быстар диэн,
                    Уот симэһин ортотугар
                    Дьөлө сөҥөн сыттылар.
                    Бу кинилэр диэтэх дьон
                    Сүллүүлээх сүрэхтэрин мөчөкөтө
                    Иккиэн тэҥҥэ дэлби ыстаннахтарына,
                    Уус хаан төрүттэрэ
              5890  Дьиэлиин-уоттуун
                    Бука барыта
                    Буор оһох күлүн курдук
                    Үлтү тэбиллэн,
                    Үрүҥ күдэн буолан мэлийиэ этилэр.
                    Хайата да буолара
                    Биллибэккэ турда.
                    Сүллүүлээх сүрэхтэрэ
                    Дэлби ыстанара,
                    Тыыннара быстара
              5900  Тыһы кыл саҕа хаалла.
                       Түөрт күннээх-түүн
                    Тимэхтэһэн кэлиитигэр
                    Абааһы уола тулуйумуна,
                    Үөһээ балаҕан үрдэ
                    Үс былас холобурдаах
                    Үрэлис гына түһүөр дылы
                    Үгүрэлии* түһэн баран,
                    Хара хоруо дьардьама буолан,
                    Өрө ыстанан тахсан эрдэҕинэ,
              5910  Суодалы хаан уус
                    Соһуйан-уолуйан,
                    Хатан баҕана
                                   -    142  -
   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151