Page 148 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 148
Туойан тоҕо ыстанна:
— Буойака, буойака,
Аарт-татай, ини,
Аар-дьаалы, оҕолоор!
5960 Бу бүгүҥҥү
Ойон тахсар күнүм
Унаарар ортотугар,
Тэгилийэ тыган турар
Тэргэн ыйым толуутугар
Көрбөтөхпүн көрдүм,
Билбэтэхпин биллям.
Икки дойду
Албан ааггаахтара,
Толбон сурахтаахтара,
5970 Бэгийэр бэртэрэ
Айыы хаан аймахтарыттан
Араҕас сиэр аттаах
Алаатыыр Ала Туйгун,
Адьарай бөҕө биистэритгэн
Ускуиньахтаах Уот Кутаалыҥса
Уоҕан уола
Өксөкүлээх Биэхэстэй
Үөлэҥ Харбыалыкы
5980 Хара аттаах өлөр өлүү
Түбүлээн Хара бухатыыр буолаҥҥыт,
Мин диэтэх киһи
Кытыастар кыһам түгэҕэр
Хаһааҥныттан киирэн
Түһэн сыппыккытын
Билбэккэ турбуппутун
Бэрт диэн бэркиһиэтим,
Сөрү диэн сөхтүм.
Маннык үлүгэрдээх
5990 Адьарай бөҕө
Алдьархайдаах аарыматын,
Көстүбэт бөҕө
Күтүрдээх нүһэрин
Кытыастар кыһам иһигэр
Тыынын хараартыҥ,
Өлүгүн буһардыҥ.
Кыһам киртийэн кирииргээн,
Кытардыыта мөлтүөҕэ,
Сиэтэр сиэтиим
__ 144 _

