Page 151 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 151

6000 Дьиэгирэрэ буолуо,
                   Кутар кутуум куодалаах буолуо.
                   Туох хоой хостуурдааххыный,
                   Төргүү сүөрэрдээххиний,
                   Манньаҕын балтаччы,
                   Бэлэххин бэлтэччи
                   Модьу-болгуо тарбахпар
                   Ботуччу туттар,
                   Нэлэмэн хара ытыспар
                   Сэнньиччи ууран кулу эрэ!
              6010 Мин диэтэх киһи
                   Уоһум кураанах,
                   Илиим иччитэх,
                   Хамыйаҕым халтаҥ,
                   Хаалар буоллахпына,
                   Хойукку суолуҥ,
                   Кэнэҕэски олоҕуҥ
                   Кэнчиэлээх буолуо,
                   Нойон киһиэ, — ДИЭТЭҔЭ.
                      Ол гынан баран
              6020 Дьиппиэн хара халҕанын
                   Сир быстарын курдук
                   Ньирилэччи аста,
                   Харыалаах д үл үҥ курдук
                   Хара толбон
                   Хатыылаах харытын
                   Тоҥолоҕор диэри уунна.
                   Дьэс алтан курдук
                   Дьэбиннээх чэрдээх
                   Нэлэмэн хара ытыһын
              6030 Нэлэччи тоһуйан турда.
                      Алаатыыр Ала Туйгун
                   Атын үс төгүл
                   Хоруутуурун кытта
                   Араҕас сиэр ата барахсан
                   Ү үннүүн-ыҥыырдыын
                   Үрдүк бьшыт
                   Соһуутун диэкиттэн
                   Сиэлэ-кутуруга
                   Нэлэйбитинэн түһэн кэлэн,
             6040 Иччитин иннигэр
                   Харыс гына түстэ.
                   Атын сиэлитгэн
                                   -    145  -
   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156