Page 172 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 172

Тохтуу түстүлэр.
                       Инньэ гынарын кытта
               6820 Дьиэ иһиттэн
                    Дьиппиэн хара халҕан
                    Тэлэллэ түстэ.
                    Алаатыыр Ала Туйгун ийэтэ
                     Кылааннаах өргөстөөх
                     Кыыс Ньургун бухатыыр
                     Үөрэн-көтөн,
                     Мичилийэн кэлэн,
                    Аттарын тэһиинитгэн
                     Икки илиитинэн
               6830 Икки аҥы өрө тутан туран,
                    Саманнык диэн,
                    Саҥа саҥара
                    Турбута үһү:
                       — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                    Күҥҥэ төрөөн булбут
                     Күндү күөрэгэйим оҕотун
                     Көрсүһэр да
                     Күннээх эбиппин.
                     Көһүтэн-көһүтэн
               6840 Кыараабыт көхсүм
                    Көҥүс үрэх
                    Уутун курдук
                    Кэҥээн дьэҥкэрдэ.
                    Санаарҕаан улугуран
                    Санньыйбыт санаам
                    Сааскы халлаан уутун курдук
                    Сайа охсон дьэҥкэрдэ.
                    Т үмүлл үбүт-харбыт
                    Сүрэҕим үөрэн,
               6850 Томтойор түөһүм иһигэр
                    Тилигирии тэптэ.
                     Куру-сары буолан,
                    Кубарыйбыт хааным
                    Кутуллан киирэн,
                    Тэтэрэ тэптэ,
                    Сэргэхсийэн турдум.
                    Бу хантан көрсөн
                    Айыым оҕото
                    Алтай түөстээх
               6860 Далбарайым барахсан
                                     164  -
   167   168   169   170   171   172   173   174   175   176   177