Page 177 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 177
Айыы хаан уустарын
Аймах-билэ дьоннорун
Арыы тиит курдук
Арыаллатан туран,
Арарс чэчири астылар,
Тоҕус томторҕолоох
Чуор маҕан сэргэни
7040 Субуруччу туруордулар,
Сиэллээх нэлбиргэлээх,
Сэттэ сэтэлгэлээх
Чэчир маҕан сэргэни
Сэлэлии чэчирэттилэр,
Аҕыс сарбынньахтаах
Аар барҕы
Адаарыччы астылар,
Тоҕус чуор
Мутук хараҕалаах
7050 Тоҕой сэлэни
Тоҕуоруччу тартылар,
Өрөҕөр көҕүллээҕи үөрдүһүннэрдилэр,
Нэлим сиэллээҕи сиэттиһиннэрдилэр,
Ураа муостааҕы тоҕуоруттулар,
Атырдьах туйахтааҕы арыаллаатылар,
Уһаты уойуулааҕы охтордулар,
Суорбан тастааҕы сууллардылар,
Халыҥ хаһалааҕы хайыггылар,
Быыра быһый уол быалаата.
7060 Чобуо чолбонуку уол тутта,
Одоҥ-додоҥ уол сүүһүн оҕуста,
Туттуу-хаптыы уол
Хабарртын быста,
Нарыын-ириин уол иҥиирдээтэ,
Түргэн хабытай уол сүллэ,
Эр лоргун* уол эттиэтэ,
Мадьык-идьик уол көтөхтө,
Маралыкы-ирэлики уол буһарда.
Үрэйики-сарайыкы уолатгар
7070 Үллэрэргэ бэлэмнэннилэр.
Тобурахтыы ойуулаах
Чороон айах чуоҕурда,
Ытыррлыы ойуулаах
Ымыйа иһит барааласта,
Кэрэниистии ойуулаах
169 -

