Page 175 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 175

Күндү тылы,
                  Көһүтэн турабыт, — диэтэ.
                     Кылааннаах өргөстөөх
            6950  Кыыс Ньургун бухатыыр:
                     — Көмүс түөстээх
                  Күндү күөрэгэйдэриэм,
                  Оннук эбит буоллаҕына
                  Өрөгөй талаан үрдээтэҕэ,
                  Саргы-дьаалы салалыннаҕа.
                  Күн айыы аймахтара
                  Көҥүл үйэ
                  Күлүүһүн тутуохпут,
                  Адьарай бөҕө
            6960  Алдьархайдаах садыамнаах
                  Аартыгын сабыахпыт,
                  Сордоох-соболоҥноох
                  Суолларын бүөлүөхпүт.
                  Эдьэҥ Иэйэхсиккит эргийдин,
                  Ахтар Айыыһыккыт аргыстастын,
                  Уһуг үйэҕитигэр
                  Ороһу оҕо тускулланнын,
                  Кэнэҕэски олоххутугар
                  Кэнчээри оҕо кэскиллэннин!
            6970  Үрдүк үөрүү,
                  Сырдык сыбаайба,
                  Маҕан малааһын буоллаҕа.
                  Ураҕас тиийбэт
                  Уйгулаах ыһыаҕы
                  Оҥорон тэрийиэҕиҥ,
                  Уруй-туску буоллун,
                  Уруй-айхал буоллун! — диэтэ
                  Кыыс Ньургун бухатыыр.
                     Алаатыыр Ала Туйгун:
            6980     — Ис сүрэххиттэн
                  Итии тапталлаах
                  Ийэккэм барахсан,
                  Эйэҕэс хааҥҥынан көрсөн,
                  Үөрэ-көтө
                  Үтүө тылы эппиккэр
                  Сүрэхпит үөрдэ,
                  Сүргэбит көтөҕүлүннэ.
                  Ичигэс салгын тыыннаах,
                  Итии куйаас олохтоох,
                                    167  -
   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179   180