Page 174 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 174

Туруйа кыылым
                    Тоҥ күөс бастыҥа
                    Чонойо-чонойо көтөн,
                    Туораан тахсыбат
                    Туоллума Эбэ Хотун диэн сир
                    Дьөгдьөйөр саалыгар,
               6910  Туналыйар ньууругар
                    Олохсуйан үөскээбит
                    Толомон Суорун оҕонньор,
                    Тоҥкуруун Баай эмээхсин
                    Улахан кыыстара
                    Тыллаах-өстөөх
                    Чычыгыр-чуоҕур аттаах
                    Нарын Ньургустай диэн буолар.
                    Күн өркөн ууһун
                    Көстүбэт бөҕоттен
              6920  Көмүскүүр иннигэр,
                    Айыы хаан аймахтарын
                    Адьарай бөҕөттөн
                    Араҥаччылыыр туһугар
                    Сындалҕаннаах сырыыны сырытта,
                    Сыралаах охсуһууну охсуста.
                    Күүспүтүн холбоон
                    Күрэхтээх охсуһууну көрүстүбүт.
                    Ол кэнниттэн
                    Сүрэхпит сөбүлэһэн,
              6930  Сүбэбит табыллан,
                    Уһун үйэбит тухары
                    Уйгулаах олоҕу
                    Олоруохпут диэн,
                    Ис санааны билсэн,
                    Истиҥ тылы кэпсэтэр
                    Итии тапталлаах
                    Эйэлээх доҕордуу буолан,
                    Иэримэ дьиэни иччилии,
                    Алаһа дьиэни араҥаччылыы,
               6940  Аал уоту отто
                    Аҕа, ийэ буолан
                    Аҕамсыйа кырдьыахпыт диэн,
                    Аргыстаһан кэллибит.
                    Аны эйиигиттэн
                    Үтүө сүбэни истээри,
                    Кэрэ кэскили,
                                   -    166  -
   169   170   171   172   173   174   175   176   177   178   179