Page 176 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 176
6990 Итир былыт сабыдыаллаах,
Этиҥ сата дапсыырдаах,
Итии самыыр ыһыахтаах,
Илин халлаан
Эҥсилгэннээх алын тардыытыгар,
Илбиргэстээх оһуордаах
Илин Сибиир
Иһит иитин курдук
Эргичийэн түһэр сиксигэр,
Итии дьирибинэ
7000 Байҕалга тиийэммит
Көстүбэт бөҕөлөр куодаһыннарын,
Дьайдарын соболоҥнорун,
Хастыы суунан
Кэлиэх этибит.
Онуоха диэри
Арыы тиит саҕа
Аймах-билэ дьоҥҥутун
Үөр туллук курдук
Үгүстүк мунньан,
7010 Үмүөрүтэн тураҥҥыт
Араҕас чэчирдэ астарыҥ,
Түөлбэ түһүлгэтэ
Тэрийэ тураарыҥ, — диэтэ да,
Иккиэн тэбис-тэҥҥэ
Үстүүтэ үҥкүрүйдүлэр,
Түөртүүтэ төкүнүйдүлэр.
Кыһыгырыыр кынаттаах,
Куһугуруур куорсуннаах
Арыылаах холлоҕос сар
7020 Арылыас кус буолан,
Лаһыгыраан тахсаннар,
Аламай маҕан күнүм
Алын сардаҥатын диэки
Кыырай халлааны кырсынан
Кыһыыра көтө турдулар.
Кылааннаах өргөстөөх
Кыыс Ньургун бухатыыр
Үөрэн-көтөн мичилийэн,
Үгүс элбэх
7030 Үтүө-билэ дьоннорун
Үөр туллук курдук
Үмүөрүтэн мунньан,
- 168 -

