Page 173 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 173
Аргыстаһан тэҥҥэ
Айаннаан кэлистэ?
Хайдах сылдьан
Хатааннааххытын кытга харсан,
Өһөгөйдөөххүтүн кытта өлөрсөн,
Эрэйдэнэн-буруйданан,
Эргиллэн кэлбиккитин
Истибиккитин илдьи,
Көрбүккүтүн көн ү,
6870 Билбиккитин мэлдьи,
Элбэх сонунна,
Кэрэ кэпсээннэ
Кэпсии туруҥ, — диэтэ.
Онуоха буоллаҕына
Алаатыыр Ала Туйгун
Саманнык диэн
Сан а саҥара турбута үһү:
— Дьиэ буо, дьиэ буо
Күн сирин
6880 Көтөрү баттаан көрдөрбүт
Күбэй хотун ийэккэм,
Сылдьыбыт сырыым
Сындалҕаннаах соҕус,
Аҕыс атахтаах
Адьарай бөҕө
Алдьархайдаах адьыррта хаптайда.
Көстүбэт бөҕө
Күтүрдээҕэ бүдүрүйдэ.
Онон өрөгөйүм үрдээн,
6890 Саргым салаллан,
Ситиһэн-хотуһан тиийэн кэллим.
Хантан көрсүһэн
Аналлаах аргыһы,
Туһааннаах доҕору
Булан кэллиҥ диэтэххинэ,
Тус илин диэки
Толбонноох сымыыттаах,
Дьондоллубут сотолоох,
Чуор-дьэҥкэ куоластаах,
6900 Туус маҕан дьүһүннээх,
Тураҥ буор аһылыктаах,
Токур чиэрбэ үтэлээх,
Чоноҕор унуохтаах
- 165 -

