Page 190 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 190
Уһун дураахаан батаһын
Сулбу тардан ылан,
Икки көлүйэни
Т үгэхтэриттэн түөрэ
Булкуйбахтаан көрдө.
Көл үйэлэр уулара
Тый тобулу охсубутун,
Салгын сайа сиэбитин курдук
7600 Оҥойо уоллулар,
Кубарыйа куурдулар,
Хабырыта хаттылар.
Икки көлүйэ оннуттан
Аҕыс атахтаах
Ооҕуй оҕус иһин курдук истээх,
Адаа-быдаа тиистээх,
Адаар хара тыҥырахтаах,
Икки адьырҕа
Абааһы уолатгара
7610 Адаарыс гына түстүлэр.
Алаатыыр Ала Туйгун
Соһуйан-уолуйан
Уһун дураахаан батаһынан
Биэстии-алталыы сиринэн
Бьгһыта сотон кэбистэ.
Уот Субурҕа бухатыыр
Алаатыыр Ала Туйгуну
Ааһар бөҕө албаскытынан
Аттыгар тоһуйан, сиэриҥ диэн,
7620 Тоһуттарбыт эбит.
Биир урут сиэбиккитигэр
Сэттэ дьэс эмэгэт
Мэтээли иилиэҕим,
Тоҕус кулан иирик
Куортугу туттарыам диэбит эбит.
Ол иһин уҥа диэки көлүйэттэн
Уулатаары гыммытьҥар
Урут кини сиэн хайҕатар буолла диэн,
Хаҥас диэки көл үйэ иччитэ
7630 Аат былдьаһан,
Урут миигиттэн уулаа диэн,
Бэйэлэрин биллэрэннэр,
Мэлийэн тахсыбыттар.
Алаатыыр Ала Туйгун:
182 -

