Page 234 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 234

Суолга түбэспити
                   Тутан ылан,
                   Туора хабан,
                   Соҕотохто уобан
                   Туруору ыйыстар,
                   Тутан сиир,
                   Тимир дэриэтинньиктэрэ
                   Тэриһэ сүүрбүт,
             9490  Суодаһа сырсыбыт
                   Суостаах дойду буолла.
                      Бу баран истэҕинэ,
                   Суолун айаҕар
                   Туохтан да ордук
                   Дьулаан абааһы
                   Тоһуйан турар эбит.
                   Сүүһүн хаба ортотунан
                   Сүүрдэммэтэх чардаат курдук
                   Түҥнэри көрбүт харахтаах,
              9500  Түөһүн сиигиттэн үүммүт
                    Былаа хара илиилээх,
                   Тоноҕоһун уҥуоҕуттан
                    Салгыы үүнэн түһэн баран,
                   Тобугуттан ыла
                    Икки салаа буолбут
                    Соллоҥ хара
                    Соҕоох курдук атахтаах,
                    Сытыы баҕыыр курдук
                   Чыыбыргыыр тыҥырахтаах,
              9510  Инньэ-бүргэс курдук
                    Илбистээх эттээх,
                    Үөрбэ долоходуһун курдук
                    Сүлүһүннээх түүлээх,
                    Хатан-бүргэс курдук
                    Хатыылаах тараһалаах,
                    Соллоҥ үөн курдук
                    Дьааттаах үөрбэлээх,
                    Хамсык хара тыллаах,
                    Аҕыс уоннаах
              9520  Акыйаан-букуйаан оҕонньор
                    Аҥкылыкаан айааныгар
                    Аҕыс сылы мэлдьи
                    Алыһарга-хаахынайга
                    Ардьаахтаан-ардьаахтаан баран,

                                  -    226  -
   229   230   231   232   233   234   235   236   237   238   239