Page 233 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 233

Айаннаан барда.
             9440  Оботтоох чупчуйа хара удьуордарын
                   Унуордаан охсулунна,
                   Иҥсэлээх идэмэрдээх
                   Мэтэ хара
                   Бииһин уустарын чиэрэстээтэ,
                   Айаҕымсах Часкыыр Хара аймахтарын
                   Анарааҥҥы өртүнэн
                   Ааһыталаан истэ,
                   Айан дьонун
                   Аартыкка тоһуйан,
             9450  Айахтарыгар түһэрэн,
                   Аһаары-сиэри
                   Ардьаһан турар
                   Абааһы уолаттарын
                   Атаҕынан тэбэн,
                   Ааһыталаан истэ.
                   Суол дьонун
                   Суолга тоһуйан,
                   Тутан сиэри
                   Суодаһан турар
             9460  Суостаах абааһылары
                   Тоҥ туу курдук
                   Тоҕута көтөн,
                   Куотан-ааһан
                   Куду-хады түһэн,
                   Кудулутан куоһаран,
                   Атаралаан сиэлэн,
                   Айаннаан истэ.
                      Ол анарааҥҥы өртүгэр
                   Уолугунан айахтаах,
             9470  Обот чупчурҕан уолатгардаах,
                   Кэтэхтэринэн тиистэрдээх
                   Кыдьылгы хара
                   Кьщьык соллоҥ кыргыттардаах,
                   Аартыкка көрсүбүттэрин
                   Айахтарыгар түһэрэн,
                   Аҕыйахта ыстаан,
                   Амсырдаан ааһар
                   Арбахтаах уот саҕа абааһыта
                   Аадайа сүүрбүт,
             9480  Адалыһа сырсыбыт,
                   Амырыын дайды буолла.

                                     225  -
   228   229   230   231   232   233   234   235   236   237   238