Page 294 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 294

Сойуо тумустаах
                   Тобулута тоҥсуйда,
                   Тимир тиистээх
                   Тэһитэ ыстаата,
                   Оботтоох уостаах
                   Супту обордо.
                   Алын өртүттэн
                   Аҕыс атахтаах
            12070  Хамсык хара үөннэр
                   Бүрүтэ кытаахтаан,
                   Тобулута тоҥсуйдулар,
                   Тимир тиистээх
                   Эриэн-чиэрбэ үөннэр
                   Эриллэ-эриллэ
                   Этин симэһинин
                   Эмэн чупчуйдулар.
                   Өлөр күнэ
                   Үтүрүйэн кэллэ,
             12080  Хаалар күнэ
                   Хабырыйан кэллэ,
                   Алдьархайдаах албастан
                   Арахсар кыах
                   Адьас мэлийдэ,
                   Күтүрдэээх өлүүттэн
                   Куотар күүс баранна,
                   Бу күн өркөн ууһуттан
                   Көмүскүүр күдэн күүстээх көстүбэтэ,
                   Айыы хаан аймахтарыттан
             12090  Абырыахха айылаах
                   Албан ааттаах мэлийдэ.
                    Бу өлөр өлүү
                   Луо байҕал
                    Үөнүгэр-көйүүрүгэр сиэтэн,
                   Аптаах абааһыларыгар
                   Аһылык буолан,
                    Биллибэккэ мэлийэн,
                    Көстүбэккэ сүтэр күнүм
                    Кэллэҕэ диэн,
             12100  Күүһэбыстан,
                    Күдэҕэ эстэн,
                    Көбүөхтүү сытта.
                    Өлүү Луо байҕал
                    Улаҕатыттан уораһыйда,
                                  -    286  -
   289   290   291   292   293   294   295   296   297   298   299