Page 299 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 299
Өрүкүс гынан хаалла.
Бу халлаан анныгар,
Бу сир үрдүгэр
12280 Торҕо биилээх
Тоҕо охсубатах,
Хатан биилээх
Хайа дайбаабатах,
Күдэн күүстээх,
Модун моойдоох
Туохха да кыаттарбатах
Дуолан бухатыыр
Алаатыыр Ала Туйгун
Абааһы кыыһын
12290 Аптаах тылыгар эриттэрэн
Өлө сыспытын туһунан
Үөһээ, аллараа дайдылар
Ү түөлэрэ-мөкүлэрэ,
Үс аан дойду
Бэгийэр бэртэрэ,
Албан ааттаахтара,
Дьоһун сурахтаахтара
Бэри диэн бэркиһээтилэр,
Сөрү диэн сөхтүлэр.
12300 Бу орто аан дойдуга
Тылтан ордук күүстээх
Суох эбит, — диэбиттэрэ үһү.
Өксөкү кыыл
Быһылааннаах өлүүттэн быыһанан,
Оһоллоох адьархайтан
Ордон тахсан,
Өстөөҕүн өлөрөн,
Хатааннааҕын хаптатан,
Кыһыылааҕын кыайан,
12310 Санаата көтөҕүллэн,
Саргыта салаллан,
Үөрэн-көтөн,
Өрөгөйө үрдээн,
Үөһээ дайдыга
Өрө көтөн,
Оксөйөн тахсан барда.
Кынатыттан сындыыс чаҕылҕан
Быһыта кымньыылаата,
Табыталытган сааллар этиҥ
- 291 -

