Page 301 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 301

Үтүө-тэгил ыччаггарым
                   Куттанан куотан,
                   Уолуйан-соһуйан,
                   От-мас төрдүгэр
                   Хорҕойуохтара буоллаҕа,
                   Үөрдүһэн үөскээбит
                   Үрүҥ сүүрүктэрим
             12370  Үргэн-сиргэнэн
                   Үрдүк хара тыаҕа
                   Өрө сырсан тахсаннар
                   Кый барыахтара буоллаҕа,
                   Ханыылаһан үөскээбит
                   Хара сүүрүгүм
                   Үргэн-өрүкүйэн,
                   Сиргэнэн-тэбиэһирэн,
                   Сис хара тыаҕа
                   Тигинии сырсан тахсаннар,
             12380  Выдан ыраах
                   Бытанан ыһыллан,
                   Бырах барыахтара буоллаҕа.
                   Илэ бэйэбинэн
                   Эт дьүһүммүнэн тиийдэхлинэ,
                   Сөп буолсу диэтэ да,
                   Орто туруу дойду
                   Унаарар оһуордаах уорртыгар,
                   Аан дайды
                   Айгырастаах таһаатыгар,
             12390  Намтаан-санньылыйан
                   Таҥнары нэмирийэн кэлэн,
                   Аҕыс айаан үрэх
                   Айгыстар айаҕар,
                   Туората-устата көстүбэт
                   Туман түспэтэх,
                   Тобурах тохтооботох
                   Торҕо күөх толоонугар
                   Соҕотохто холоруктаан ылыытыгар
                   Эт бэйэтинэн,
             12400  Илэ дьүһүнүнэн
                   Тура түстэ.
                   Ол гынан баран
                   Үс үөстээх
                   Өркөн кылыс
                   Куо-дьэллик
                                   -    293  -
   296   297   298   299   300   301   302   303   304   305   306