Page 304 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 304

Көрүлүүр көмөҕөйүгэр,
                    Көй киинигэр,
                    Көмүс үргүнньэҕэр,
                    Күдүөрүйэн олорор
                    Иэримэ дьиэтигэр,
                    Аан алаһатыгар,
                    Кэтит ордуутугар,
                    Кэкэ чуоругар,
             12500  Баараҕай уорук
                    Баларнын таһыгар
                    Дьоруо ат
                    Таба дугунан ааспат
                    Тоҕус туллук кыылым
                    Т охтообокко-тутуспакка,
                   Дьурулуу сүүрэр
                   Дьулусханнаах дьулуо маҕан
                    Тусаһатын ортотугар
                    Айыылаах киһи
             12510  Аттыгар барбат,
                    Буруйдаах киһи
                    Букатын чугаһаабат,
                    Үрдүгэр өксөкүлээх
                    Үс моонньохтоох,
                    Сиэллээх-дэйбиирдээх,
                    Тойон баадай
                    Сэргэтин төрд үгэр
                   Ата тиийэн,
                   Харыс гына түстэ.
             12520  Алаатыыр Ала Туйгун
                    Ойон түстэ,
                    Байым-сайым дайбаата,
                    Бадьыр-идьир үктэннэ,
                    Ниһир-наһыр тэбиннэ,
                    Сэттэ тэтиэнэх киһи
                    Нэһииччэ сэгэтэн киирэр
                   Дьиппиэн хара халҕанын
                    Тэлэйэ баттаан киирэн,
                   Дьиэтин ортотугар
             12530  Дьиэрбэс гына түстэ.
                    Тула көрөн кэбиспитэ —
                   Дьоно бука бары
                    Түлүк ууларыгар түһэн
                    Утуйа сыталлар эбит,

                                  -    296  -
   299   300   301   302   303   304   305   306   307   308   309